Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

02 УРУОК

Биибилийэ эрэли биэрэр

Биибилийэ эрэли биэрэр

Бүгүн сир үрдүнэн барытынан дьоннор араас ыарахаттартан, кыһалҕалартан уонна санаа түһүүтүттэн эрэйдэнэллэр. Эһиги эмиэ олоххутугар ханнык эмэ кыһалҕаны көрсөргүт буолуо. Баҕар ыалдьар эбэтэр чугас киһигитин сүтэрбит буолуоххутун сөп. Ол иһин эһиэхэ маннык ыйытыы үөскүөн сөп: «Олохпут хаһан эмэ үчүгэй өттүгэр тупсуо дуо?» Биибилийэ этэрэ эһигини соһутуон сөп.

1. Биибилийэ ханнык эрэли биэрэрий?

Биибилийэ аан дойдуга бачча элбэх ыарахаттар тоҕо баалларын быһаарар уонна бу ыарахаттар сотору кэминэн суох буолуохтара диэн үчүгэй сонуну биллэрэр. Биибилийэ этэрэ эһиэхэ инникигэ кэскили уонна эрэли биэриэн сөп. (Иеремия 29:11, 12 ааҕыҥ.) Бу эрэннэриилэр оннооҕор билигин төһө даҕаны ыарахаттар баар буолбуттарын үрдүнэн, дьоллоох буоларбытыгар көмөлөһөллөр уонна инникитин биһигини үчүгэй олох күүтэр диэн кытаанах эрэли биэрэллэр.

2. Биибилийэ инники олох туһунан тугу этэрий?

Биибилийэ кэлэр өттүгэр «өлүү-сүтүү диэн аны суох буолуоҕа; энэлгэн, ытабыл-соҥобул, ыарыы эмиэ сүтүөҕэ» диэн эрэннэрэр. (Арыллыы 21:4 ааҕыҥ.) Бүгүҥҥү олохпутугар хаһан да быһаарыллыбат курдук ыарахаттар, холобура тиийиммэт буолуу, атаҕастабыл, ыарыылар уонна өлүү букатыннаахтык суох буолуохтара. Таҥара Тыла этэринэн дьоннор сиргэ ырай олоҕор үйэлэр тухары олоруохтара.

3. Биибилийэ эрэннэриилэригэр итэҕэли хайдах сайыннарыахпытын сөбүй?

Үгүс дьоннор үчүгэйгэ эрэнэллэр эрээри, ол барыта туолуо диэн этэр кыахтара суох. Оттон Биибилийэ эрэннэриилэрэ хайаан да туолуохтара. Өскөтүн эһиги Биибилийэни дириҥник чинчийдэххитинэ, ону бэйэҕит үчүгэйдик өйдүөххүт (Апостоллар 17:11). Бу куурус эһиэхэ Биибилийэ эрэннэриилэригэр итэҕэйиэххэ сөп дуу, суох дуу диэн быһаарынаргытыгар көмөлөһүөҕэ.

ДИРИҤНИК ХАСЫҺЫҤ

Таҥара Тыла инники өттүгэр туох буолуохтааҕын туһунан этэрин көрүҥ. Биибилийэ эрэннэриилэрэ билиҥҥи олоххо хайдах көмөлөһөллөрүн туһунан билсиһиҥ.

4. Биибилийэ биһиэхэ үйэлэр тухары саамай үчүгэй олоххо олоруоххут диэн эрэннэрэр!

Аллараа Биибилийэ сорох эрэннэриилэрэ суруллубуттар. Балартан эһиги ханныгын ордук сөбүлүү көрдүгүтүй? Тоҕо?

Хас биирдии эрэннэрии аттыгар баар Биибилийэ хоһооннорун ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Итинник эрэннэрии эһиэхэ наадалаах дии саныыгыт дуо? Оттон эһиги дьиэ кэргэҥҥит уонна доҕотторгут онно наадыйаллара буолуо дуо?

Бэйэҕитин маннык олоххо олороргутун санаан көрүҥ.

ТУОХ СУОХ БУОЛУОЙ:

ТУОХ БААР БУОЛУОЙ:

  • Өлбүттэр сиргэ хаттаан олороору тиллиэхтэрэ (Иоанн 5:28, 29).

  • Бары эдэр уонна күүстээх-уохтаах буолуохтара (Иов 33:25).

  • Ыар санаалар уонна урут буолбут куһаҕаны өйдүү сылдьыы (Исайя 65:17).

5. Биибилийэ биэрэр эрэлэ олоҕу үчүгэй өттүгэр уларытар

Аан дойдуга баар ыарахаттар үгүс дьону хомотоллор уонна оннооҕор кыыһырдаллар. Сорохтор бу дойду олоҕун үчүгэй өттүгэр уларыта сатыыллар. Инники кэскиллээх олох туһунан Биибилийэ эрэннэриилэрэ дьоҥҥо бүгүн да көмөлөһөллөр. ВИДЕОНУ көрүҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Рафика ханнык кырдьыга суох быһыыттан абарар этэй?

  • Кырдьыга суох быһыы сүппэтэҕин да үрдүнэн, Биибилийэ үөрэтиитэ кинини хайдах уоскуппутай?

Биибилийэ эрэннэриилэрэ санаа түһүүтүн кыайарга уонна ыарахаттар баалларын да үрдүнэн, дьоллоох буоларга көмөлөһөллөр. Аман өс 17:22 уонна Римляннарга 12:12 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Биибилийэ этэригэр итэҕэйдэххитинэ, олоххут тупсуо дуо? Тоҕо?

СОРОХТОР ЭТЭЛЛЭР: «Биибилийэ эрэннэриилэрэ остуоруйа олоҕун курдуктар».

  • Бу эрэннэриилэр кырдьык эбэтэр сымыйа буолалларын бэйэбит чинчийэн билэрбит тоҕо улахан суолталааҕый?

СҮРҮН САНАА

Биибилийэ эрэли биэрэр уонна ыарахаттарга сөпкө сыһыаннаһарга үөрэтэр.

Хатылааһын

  • Дьоннор Таҥара тугу эрэннэрэрин билэллэрэ тоҕо улахан суолталааҕый?

  • Биибилийэҕэ инники олох туһунан туох кэпсэнэрий?

  • Таҥара биэрэр эрэлэ оннооҕор бүгүн эһиэхэ хайдах көмөлөһүөн сөбүй?

Мин сыалларым

ЭБИИ МАТЫРЫЙААЛЛАР

Үтүөрбэт ыарыылаахтарга инникигэ эрэл хайдах көмөлөһөрүн туһунан билиҥ.

«Биибилийэ үтүөрбэт ыарыылаах дьоҥҥо көмөлөһүөн сөп дуо?» (веб-ыстатыйа)

Бу музыкальнай видеону көрөргүт саҕана бэйэҕитин уонна аймахтаргытын ырайга баар курдук ойуулаан көрүҥ.

«Маннык буолуо диэн өйгөр ойуулаан көр» (3:37)

Биибилийэ биэрэр эрэлэ биир активист олоҕун хайдах уларыппытын туһунан ааҕыҥ.

«Мин билигин аан дойдуну уларытыахтаахпын дии санаабаппын» («Харабыл башнята», от ыйын 1 күнэ, 2013 сыл)