Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

03 УРУОК

Биибилийэни итэҕэйиэххэ сөп дуо?

Биибилийэни итэҕэйиэххэ сөп дуо?

Биибилийэҕэ элбэх үчүгэй сүбэлэр уонна эрэннэриилэр бааллар. Баҕар эһиги бу кинигэни билиэххитин баҕараргыт буолуо. Ол эрээри бу былыргы кинигэҕэ итэҕэйиэххэ сөп дуо? Биибилийэ сүбэлэрин олоххо туһанар төһө тоҕоостооҕо буолуой? Онно этиллибит кырдьык туолуо дуо? Ол туолуо диэн мөлүйүөнүнэн дьон итэҕэйэр. Эһигини бу ыйытыыларга эппиэттэри буларгытыгар ыҥырабыт.

1. Биибилийэҕэ суруллубут кырдьык дуу, сымыйа дуу?

Биибилийэҕэ суруллубут барыта сөптөөх уонна дьиҥ кырдьык буолар (Экклезиаст 12:10). Бу кинигэҕэ дьиҥнээхтик буолбут түбэлтэлэр уонна кырдьык олоро сылдьыбыт дьоннор тустарынан кэпсэнэр. (Лука 1:3; 3:1, 2 ааҕыҥ.) Биибилийэҕэ суруллубут күннэр-дьыллар, дьоннор уонна сирдэр ааттара, итиэннэ буолбут түбэлтэлэр дьиҥнээхтэрин үгүс историктар уонна археологтар бигэргэтэллэр.

2. Биһиги Биибилийэ эргэрбэтэҕин хантан билэбитий?

Биибилийэ этэрэ сөптөөх буоларын киһи-аймах историята көрдөрөр. Холобур, бу кинигэҕэ сорох научнай чахчылар суруллубуттар. Бу чахчылартан үгүстэрэ былыргы дьон көрүүтүттэн уратылаах этэ. Ол эрээри аныгы наука Биибилийэ этэрэ кырдьыкка олоҕурарын бигэргэтэр. Таҥара Тыла хара маҥнайгыттан эрэллээх уонна уруккутунан хаалар (Саалтыыр 110:8).

3. Биибилийэ инникитин туох буолуохтааҕын туһунан этэригэр тоҕо итэҕэйиэххэ сөбүй?

Биибилийэҕэ өссө буола илик түбэлтэлэр тустарынан өтө көрүүлэр a бааллар (Исайя 46:10). Бу кинигэҕэ элбэх историческай түбэлтэлэр быдан эрдэттэн буолуохтарын иннинэ чопчу ойууланан суруллубуттара. Ону таһынан аан дойду аныгы балаһыанньата киһини сөхтөрөрдүү ымпыгар-чымпыгар тиийэ сурулла сылдьар. Бу уруокка Биибилийэ сорох өтө көрүүлэрин ырытыахпыт. Олор хайдах курдук сиһилии туолбуттарын билэҥҥит эһиги соһуйуоххут!

ДИРИҤНИК ХАСЫҺЫҤ

Биибилийэҕэ баар иһитиннэриини аныгы научнай чахчылары кытта тэҥнээҥ уонна бу кинигэҕэ суруллубут сорох өтө көрүүлэри кытта билсиһиҥ.

4. Биибилийэ науканы кытта сөпсөһөр

Былыргы дьон үгүс өттө сир туохха эрэ өйөнөн турар диэҥҥэ итэҕэйэр этэ. ВИДЕОНУ көрүҥ.

Биибилийэҕэ быһа холоон 3 500 сыл анараа өттүгэр туох суруллубутугар болҕомтоҕутун ууруҥ. Иов 26:7 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Сир «туохха да өйөммөккө» ыйанан турар диэн Биибилийэ этэрэ тугунан интэриэһинэйий?

Айылҕаҕа уу эргиирин туһунан баара-суоҕа 200 сыл анараа өттүгэр саҥа билбиттэрэ. Оттон бу туһунан хайыы-үйэ Биибилийэҕэ хас эмитэ тыһыынча сыл анараа өттүгэр туох диэн суруллубутун көрүҥ. Иов 36:27, 28 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Айылҕаҕа уу эргиирэ маннык судургутук ойууламмыта туох дьиктилээҕий?

  • Бу хоһооннору ааҕан баран эһиги Биибилийэни итэҕэйэргит күүһүрдэ дуо?

5. Биибилийэ улахан суолталаах түбэлтэлэри өтө көрөн эппитэ

Исайя 44:27—45:2 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Вавилону сэриилээн ылбыттарын туһунан Биибилийэҕэ номнуо 200 сыл иннинэ ымпыгар-чымпыгар тиийэ туох суруллубутай?

Кир диэн Персия ыраахтааҕыта армиятын кытта Вавилон куораты б. э. иннинэ b 539 сыллаахха сэриилээн ылбыта. Кини Вавилону көмүскүүр өрүс уутун ыытан баран, аһаҕас хаалбыт куорат аанынан киирбитэ. Онон кинилэр куораты кыргыһыыта суох ылбыттара. Бу түбэлтэ 2 500 тахса сыл анараа өттүгэр буолбута. Билигин Вавилон турбут сирэ өтөхсүйэн турар. Маны Биибилийэ өтө көрүүтүн кытта тэҥнээн көрүҥ.

Исайя 13:19, 20 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Вавилон туһунан өтө көрүү хайдах туолбутай?

Урусхалламмыт Вавилон аныгы Ирак сиригэр баар

6. Биибилийэ билигин аан дойдуга туох буола турарын өтө көрөн эппитэ

Биибилийэҕэ биһиги олорор кэммит «тиһэх кэм» диэн ааттанар (2 Тимофейга 3:1). Биибилийэҕэ тиһэх кэм туһунан туох диэн суруллубутун көрүҥ.

Матфей 24:6, 7 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Биибилийэ этэринэн тиһэх кэмҥэ олохпут хайдах буолуой?

2 Тимофейга 3:1—5 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Биибилийэҕэ суруллубутунан тиһэх кэмҥэ дьон быһыыта-майгыта хайдах буолуой?

  • Манна этиллибит майгы-сигили билиҥҥи дьоҥҥо баарын эһиги бэлиэтии көрөҕүт дуо?

СОРОХТОР ЭТЭЛЛЭР: «Биибилийэ — үһүйээннэр хомуурунньуга».

  • Биибилийэҕэ эрэниэххэ сөп диэн эһигини ордук туох итэҕэттэ?

СҮРҮН САНАА

История, наука уонна туолбут өтө көрүүлэр Биибилийэни итэҕэйиэххэ сөбүн дакаастыыллар.

Хатылааһын

  • Биибилийэҕэ суруллубут кырдьык дуу, сымыйа дуу?

  • Биибилийэ науканы утарсыбатын көрдөрөр ханнык холобурдар баалларый?

  • Эһиги санааҕытыгар Биибилийэ өтө көрүүлэрэ туолаллар эбит дуо? Быһаарыҥ.

Мин сыалларым

ЭБИИ МАТЫРЫЙААЛЛАР

Биибилийэҕэ научнай сыыһалар бааллар дуо?

«Биибилийэ науканы кытта сөпсөһөр дуо?» (веб-ыстатыйа)

Биибилийэҕэ былыргы Греция туһунан туох диэн өтө көрөн суруллубутун билиҥ.

«Өтө көрүүлэргэ итэҕэйэбит» (5:22)

Биир киһи өтө көрүүлэри чинчийэн Биибилийэҕэ сыһыанын хайдах уларыппытын туһунан билиҥ.

«Мин Таҥара суох дии саныыр этим» («Харабыл башнята», № 5 2017)

a Өтө көрүүлэр диэн кэлэр өттүгэр буолуохтаах түбэлтэлэр тустарынан Таҥара иһитиннэриитэ буолар.

b «Б. э. иннинэ» диэн кылгатан суруйуу «биһиги эрабыт иннинэ», оттон «б. э.» диэн «биһиги эрабыт» буолар.